Күүстээх Ньукулаайап: ыстатыйалар, сэһэн. [Андрей Варламович Николаев-Күүстээх Ньукулаайап туһунан ахтыылар, ыстатыйалар]

Loading...

QR-код документа

Как сканировать QR-код?

Для пользователей Android:
  1. Скачайте приложение для сканирования QR-кодов (Google Play)
  2. Откройте скачанное приложение;
  3. Наведите камеру на QR-код.
Для пользователей iPhone:
  1. Откройте приложение "Камера";
  2. Наведите камеру на QR-код;
  3. Нажмите на всплывающее уведомление.
Обложка электронного документа Күүстээх Ньукулаайап: ыстатыйалар, сэһэн. [Андрей Варламович Николаев-Күүстээх Ньукулаайап туһунан ахтыылар, ыстатыйалар]

Доступ к документу возможен только в стенах библиотеки

Күүстээх Ньукулаайап: ыстатыйалар, сэһэн. [Андрей Варламович Николаев-Күүстээх Ньукулаайап туһунан ахтыылар, ыстатыйалар]

Доступ
Закрытый
Место издания
Дьокуускай
Издательство
Дани-Алмас
Год издания
2020
Количество страниц
149
Аннотация
Кинигэҕэ Сунтаар оройуонун Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээх Николаев Андрей Варламович – Күүстээх Ньукулаайап (1911-1942) туһунан араас сылларга хаһыаттарга, кинигэлэргэ суруллубут ыстатыйалар түмүллэн киирдилэр. Күүстээх Ньукулаайап сэрии иннигэр күргүөмнээн тустубут. Ыһыахтары кэрийэн, күүстээх бөҕөстөргө ааттаан-суоллаан тиийэн күөн көрсүбүт, бүлгүннээхтэн бүдүрүйбэтэх, охтубатах, күүстээххэ кыайтарбатах бөҕөс быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ уос номоҕо буолан билиҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар. Күүстээх Ньукулаайап тустарын таһынан атаҕынан чэпчэки эбит, сүүрэн, ыстанан инники күөҥҥэ сылдьара ахтыллар. Ыстатыйаларга Күүстээх Ньукулаайап Сунтаар оройуонугар тэҥнээҕин булбакка 1937-1938 сс. Ньурбаҕа тиийэн күүстээх тустууктары кыайталаабыта кэпсэнэр. Ааҕааччы кинигэҕэ Күүстээх Ньукулаайап Үөһээ Бүлүүгэ В.И. Степановка – Буучугураска тиийэ сылдьыбытын, хонон-өрөөн сытан икки күүстээх бөҕөс бэйэ-бэйэлэрин тургутуспуттарын, тэҥ баайыылаах эбиппит дэспиттэрин туһунан ахтыыны булан сэргиэҕэ. Соторунан В.И. Степанов – Буучугурас 1937 сыллааҕы Үһүс Бүтүн Саха сиринээҕи Спартакиада тустууга муҥутуур кыайыылааҕа буолбута. А.В. Николаев–Күүстээх Ньукулаайап Аҕа дойду улуу сэриитигэр бастакы хомуурга ыҥырыллан, 600-кэ киһи буолан 1941 сыллаахха балаҕан ыйыгар Сунтаартан Туруктаҕа (Өлүөхүмэ оройуона) сатыы айаннаан борохуокка олорон барбыта. Аара ыарахан айаҥҥа Күүстээх Ньукулаайап чугас доҕотторунуун бэйэлэрин да, дьоннорун – сахалары да атаҕастаппакка, өрөйөн-чөрөйөн сэриигэ аттаммыттарын туһунан ыстатыйалартан ааҕыаххыт. Сталинград куорат көмүскэлин кырыктаах кыргыһыытыгар саха чулуу уола, дэгиттэр спортсмена А.В. Николаев–Күүстээх Ньукулаайап сырдык тыына быстыбыта. Кинигэ Кыайыы 75 сылыгар ананар, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуланар.
  • Библиографическая запись

Күүстээх Ньукулаайап : ыстатыйалар, сэһэн : [Андрей Варламович Николаев-Күүстээх Ньукулаайап туһунан ахтыылар, ыстатыйалар] / хомуйан оҥордулар: В. П. Николаев, Б. П. Николаев, В. П. Николаев ; эрэдээктэр В. П. Николаев ; [киирии тыл ааптара Н. В. Давыдов]. - Дьокуускай : Дани-Алмас, 2020. - 148, [1] с.

Другие выпуски

Номера 2020 года: