QR-код документа
Как сканировать QR-код?
Для пользователей Android:- Скачайте приложение для сканирования QR-кодов (Google Play)
- Откройте скачанное приложение;
- Наведите камеру на QR-код.
- Откройте приложение "Камера";
- Наведите камеру на QR-код;
- Нажмите на всплывающее уведомление.
Сэһэннэр
Кулаковскай Реас Алексеевич
- Доступ
- Открытый
- Место издания
- Якутскай
- Издательство
- Саха сиринээҕи кинигэ издательствота
- Год издания
- 1971
- Количество страниц
- 144
Аннотация
Бу поэт уонна прозаик Реас Кулаковскай олоҕу кырдьыктаахтык көрдөрөр ньыматынан суруйбут сэһэннэрин хомуурунньуга. Манна “Аан аһылынна” уонна “Тиит төрдүн аайы - чооруостар” диэн гражданскай сэрии кэмигэр, уонна ол кэнниттэн саҥа олоҕу тутуу хаамыылара күнээҕи көстүүлэринэн табыгастаахтык арыйыллыбыттар.
ААН АҺЫЛЫННА
Уйбааннаах Сүөкүлэ Лөгөнтөй баай хамначчыттара. Бүгүн кинилэр тойонноро кэлиэхтээх. Үс кыһын тухары дьоннордоохпун, сүөһүлэрдээхпин диэн быһан көрө илик. Дьонтон иһиттэххэ, кини бурдуга курааннаабыт аатыран үлэһит дьонун тарынан аһатан эрэр үһү. Эдэриттэн дьоҥҥо быһыйынан уонна күүстээҕинэн биллибит киһини дьон Баабый Уйбаан диэн ааттаабыттара. Кинилэр уоллара Махсыын судаарыскай Уйбаныабы кытта алтыһар буолан санаата киэҥ. “Биһиги наһаа элбэҕи үлэлиибит буолбат дуо? Быйыл хамнаспытын ылан баран аны сайын Лөгөнтөйтөн баран хааллахпытына хайдаҕый? ” диэбитин аҕата уола ону – маны тыллаһарын сөбүлээбэккэ:”Биһиги хамначчыттарбыт. Дьылҕабыт оннук” - диэн кэбиһэр. Онтон Лөгөнтөй: “Быйылгы чычырбас сылга Баабыйдар баар буоланнар итиччэ сүөһүнү, сылгыны сыл таһааран эрэллэр”диэн билинэр уонна били Ууйбаныап бүрүстүүпүнньүк күтүр тыл бөҕөнү этэн, саҥа бөҕөтүн саҥаран баран куораттаабытын истэн мөҕүттэр. Аны Уйбаантан сылгытын үөрүгэр бөрөлөр буулаабыттарын истэн баран, сэтэрээн, хата тоҕоос таҕыстаҕа, бөрөлөрүнэн куоһурданан, Баабырдары үйэлэрин тухары хамначчыт оҥостуон баҕарар.
Кини ол быыһыгар, “Арааһа бэстилиэнэй тыһыынчалара туолан эрэр быһыылаах. Маа бэйэлээх күн судаарбытын, ыраахтааҕыбытын көмүс туруонуттан устубуттар. Бэл баайдар, үтүөлэр ыччаттара, оҕолоро эмиэ күн судаар мэтириэтин сиргэ быраҕа – быраҕа сибэтиэй мөссүөнүн тиҥилэхтээбиттэр үһү ээ” диэн дьиксинэ саныыр.
Уйбаан биир сарсыарда бултаабыт бөрөлөрүн тириитин илдьэ, кыра да буоллар харчы аахсар санаалаах тойонугар тиийбитин, Лөгөнтөй, бөрөлөр тардыбыт 13 сүөһүлэрин эһиги төлүүгүт диэн баайсан турар. Онон, Лөгөнтөйтөн арахсар санааттан кинилэр, сүбэлэһэн баран, Сивцев Ньукулайдаахха (Адьырҕа Буолуннаахха көһөн тиийэлэр). Лөгөнтөй хамначчыттара киниттэн баран хаалбыттарыгар Буолуннары буруйдуур.
Кутурук Сэмэн Лөгөнтөй хамначчыттарын уоллара этэ. Дьоно хотоҥҥо өлүөхтэриттэн баай киһи ииппит уола буолан сылдьар. Кини дьону кэрийэ сылдьан тугу истибитин тойонугар кэпсиир идэлээх. Онон Кутурук Сэмэн диэн ааттаах. Кутурук Махсыыннаах Кыычаана истиҥ сыһыаннарын билэн, хаадьылаһан икки ардыларыгар буола сылдьан уолтан хаарыйыллар. Ону Лөгөнтөйгө кэпсээн биэрбитигэр, биир күн бардам баай Сэмэнниин кэлэн Кыычааннаах Сэмэни холботолуур санаатын эппитин, кыыс ийэтэ Ааныс туох иһин буолуммат. Сотору буолан баран, Ньукулай мас мастыы сылдьан тииккэ баттатан суорума суолламмыт уонна Сэмэн иирэн хаалбыт сурахтара тарҕанар.
Ааныка эрэ оһолго өлөн наһаа айманан, ытаан, барыттан бары өһүргэнэр, кыыһырар идэлэннэ. Биирдэ туох эрэ кыраттан сылтаҕыран Сүөкүлэни дьиэтиттэн холдьоҕо сырыттаҕына аны Лөгөнтөй бэйэтин уолунаан Баҕыстар Баһылайдыын киирэн кэлэн, кини кыыһын, Кыычаанатын бэйэтин төрөппүт уолун Баһылайдыын холботолуур санаалааҕын эппиттин сөбүлэһэр.
Махсыын аргыстарга түбэһэн, куоракка киирэн Харайдаанаптарга сыстан кыстаан баран сайын саһаан охсон, от оттоон күһүн аска таҥаска тиксибиттэрэ үчүгэйэ бэрдэ. Кини Уйбаан Лөгөнтөйтөн арахсыбытын истэн ”Бурҕалдьытын уһуллаҕа. Өрө тыыннаҕа” – диэн үөрэ саныыр. Бэйэтэ комсомолга киирэргэ заявление биэрэр. Аны бырааттар диэн сүпсүлгэн буолбутугар Махсыын биир кэмҥэ Чөркөөххө эрэпкиэм Бүөтүр Дьүүллүрэп муннаҕыгар өссө бу Буута оҕонньор эмиэ саҥа былаас туһугар, бырааттар баһылыктарыгар эрэпкиэм пакетын тириэрдиэх буолан тылланан, туһалыы сылдьарын сэҥээрэр.
Махсыын дьиэтигэр кэлбитин билэн тута Кутурук Сэмэн кэлэн “уолгут хомуньуус бөҕө буолбут үһү дуу” диэн айманан барар.
Кыычаана олоҕо куһаҕан. Аан бастаан ийэтин хотоҥҥо аспыттара, онтон кыыһын эмиэ икки харахтарын өрө көрдөрбөккө атаҕастаан олороллор.
Махсыын Лөгөнтөйдөөххө барар. Кини Кыычааны көрсөр, уонна кинини атаҕастыыр буоллахтарына, кэпсэтэр санаалаах тиийэр. Онно Махсыыны кэнниттэн кэлэн дөйүтэн түһэрэн баран илитин, атаҕын хам баайан баран бырааттарга “үчүгэй хоой хостуурдаах, өттүк сүөрэрдээх” – тиийэллэрин оҥостоллор. Баһылай Сэмэнниин уолу сыарҕалаах акка быраҕан илин диэкки түһэ турбуттарын Кыычаан көрөн хаалар. Уонна аҕата уолун сураһа кэлбитигэр тугу көрбүтүн кэпсээн биэрэр. Ол эрээри, таһыттан Лөгөнтөй киирэн “Бырааттар кэлэн Уйбааннаах Махсыыны саллааттар буолуоххут” -диэн тутан бардылар диэбитигэр: “Сымыйаҥ, бэйэҕит тутан дуу, өлөрөн дуу баран илдьэ барбыккыт буолбат дуо?!” – диэн Кыычаана, манна кэлиэҕиттэн аан бастаан тойонун утары саҥарбыта.
Баҕастар Байылай Сэмэнниин илиитэ – атаҕа хам баайыылаах Махсыыны илдьэн иһэн уун – утары кыһыллар эрэспиэскэлэригэр киирэн биэрбиттэрэ.
Уйбаан утуйар уутун умнан, “Үс көлүөнэ устата сүһүөхпүт уутун супту уулаан баран аны оҕобун сиэтэхтэрэ” – дии саннаан Чөркөөххө былаастарга тыллыы барарга быһаарынна. Эрдэ тиийэн быраабаҕа элбэх киһи аалыҥнаһыытын быыһыгар уолун көрүстэ! Махсыын киниэхэ сүбэлиир: “Аҕаа, Кыычааны илдьэ Чурапчылаа. Бандьыыттар күн сарсын манна кэлэллэр”. Уйбааннаах Кыычааны тутан Чөркөөххө киллэрбиттэр. Кыайан Чурапчылаабакка былдьаппыттар. Үрүҥнэр кинилэри бассабыыктаргыт диэн баайсан ытарга уурбуттар. Бу олордохторуна үрүҥнэр эпписиэрдэрэ таҥастаах өттүгэр “кольт” бэстилиэттээх чыыннаах – хааннах Лөгөнтөй киирэн кэлэр: “Бу, Уйбаан Мочуукун, мин убаһаларбын бөрөлөргө сиэтэн баран төлөөбөккө сылдьар. Буруйун билинэн төлүөм диир буоллаҕына, мин кинини бэйэм эппиэппэр мэктиэлээн ылабын диэн көрдүһүүлээхпин” – диир. Хайыай, Уйбаан сөбүлэһэбин диэн баппыыска уурбутун кэннэ таһардьа анньаллар. Кыычаана үтүө дьоннор көмөлөрүнэн онон – манан эргийэн куораты булар. Манна биир ыалга оҕо көрөөччүнэн үлэлиир. Сөбүлэтэр. Ийэлэрэ кыыска саҥа таҥас тигэн биэрэр. Үөрэнэр.
Биирдэ дьиэ хаһаайкатын кытта куоракка күүлэйдии сылдьан Махсыымы көрсө түһэр.
Бу кэмҥэ алаастарыгар Лөгөнтөйү уола Сэмэнэ кэлэн быһахтаан баран, халаан барбыт. Эмээхсинэ төбөтүгэр оҕустаран иэдэйбит. Дьэ онон үрүҥнэртэн саамай атаҕастаммыт кини, Лөгөнтөй, буолан олорор.
Махсыын Чөркөөхтөн куоракка киирэн баран Төхтүр, Кумахтаах кыргыһыыларыгар сылдьыталаан баран, өрүс илин эҥээригэр эрэспиэскэҕэ сылдьан бааһыран балыыһаҕа эмтэнэн баран дьонноругар сайылаата. Онон Баабырдарга улахан үөрүү буолла. Оҕолоро Махсыын уонна Кыычаана куораттан таҕыстылар. Ааныска эмээхсин Баабырдарга кэлиэҕиттэн арыый тупсубут. Сүөкүлэ Тандаҕа балтыгар баран кыстаан кэлбитин астына кэпсиир. Махсыын судаарыскай Уйбаныап кинини Ленин олорор куоратыгар үөрэнэ кэлэригэр ыҥырбытын кэпсиир.
Итинтэн киэһэни быһа Ленин уонна кинини кытта биир куоракка олорор Уйбаныап туһунан элбэҕи кэпсэппиттэрэ. Оҕолоро үөрэххэ , дьөксө Ленин олорор куоратыгар барар буолбутуттан төрөппүттэрэ атахтара сири билбэт буола үөрдүлэр.
Махсыын Лөгөнтөйтөн Ааныска сүөһүтүн төнүннэрэригэр уонна үлэтин төлүүрүгэр дьыала оҥорон саҥа былаас салайааччыларыгар биэрбитэ. Онтон аҕыйах хонон баран кинини угуйар сырдыкка үөрэнэ барбыта. Кини эрэллээх доҕоро Кыычаан эмиэ ыраах айан соргулаах суолун тутуспута.
Махсыын бараары туран бар дьонугар туһаайан: “Көҥүл күнэ күөрэйдэ. Олоххутун – дьаһаххытын оҥостуҥ. Ыччаттаргытын оскуолаҕа биэриҥ” диир.
ТИИТ ТӨРДҮН ААЙЫ - ЧООРУОСТАР
Оҕо эрдэҕиттэн сахалыы үгэс быһыытынан Чооруос диэн ааттаммыт киһи уола буоларын быһыытынан, Чооруос уола Паапа Саабыласкай саас, айылҕа уһуктан силигилээн турдаҕына, кэрэ көстүүлээх Наммара тардыытыгар сааһын сиппит эдэр киһи куртуйахтарга саалана сылдьарыттан саҕаланар. Бу кэмҥэ кылаастарынан утарыта туруу сэриилэһиитэ уҕарыйан эрдэҕинэ, саҥа олох түбүктэригэр, кини, бэйэтин иннин тардынан сэниэлээхтик үлэлиир кэмэ этэ. Бандьыыттар олоҕу аймыыр кэмнэрэ ааһан дьон үөһэ тыыммыттара.
Чөркөөххө “Онтуойап оонньуулара” диэн элбэх киһилээх оонньуу тэриллэ сылдьыбыта. Киэһэ аайы киэҥ дьиэлээх ыалларга “Хоровод”, “Сосед”, “Каравай” диэн оонньуулары ыыта сылдьыьыбыттарыттан Паапа да туора турбатаҕа. Ол эрээри, ийэтэ, Кэчииккэ: “Эн олус оонньууну – көрү батыһаары гынныҥ” – диэн сэмэлиир уонна “Бар дьоҥҥо эйэҕин ыһыктыаҥ суох этэ. Ойуурдаах куобах охтон биэрбэтин кэриэтэ, дьоҥҥо эйэлээх киһи өлөн – охтон биэриэ суох тустаах”. Паапа ити кэпсэтии кэнниттэн оонньууттан букатыннаахтык уурайан олоҕун дьаһаҕын оҥостон барбыта.
Аны Чөркөөххө оскуола тэриллибит. Ким баҕалаах үөрэнэр буолбут. Улахан дьон бэл ойохторун тиэйэ сылдьан үөрэнэллэр эбит. Чооруос уола, оҕолорун үөрэттэрэр баҕалаах киһи, учууталы көрсөн оҕолорун үөрэттэриэх буолан кэпсэтэн дьоллонор. Онтон кредитнэй табаарыстыбаҕа киирэн сири таҥастыыр тэриллэри уонна от охсор, мунньар массыыналары сэҥээрэн, атыылаһан санаабытын ситиһэр. Аны “хаамар хартыына” диэн туспа сэргэх сэҥээрии буолан эрэр эбит. Киинэ. Олох уларыйара түргэнэ бэрт.
1929 сыл. Күүһү холбоон, сири бииргэ таҥастаан туһанар табаарыстыбалар тэриллэн барбыттара. Дьэ, манна нэһилиэнньэни барытын үптэринэн – астарынан көрөн араартаатылар. Боломуочунайдар кэлэн мунньах тэрийдилэр: 1. Чэрдээх илиилээхтэр (хамначчытынан сылдьыбыттар.) 2. Дьадаҥылар. 3. Синньигэс чэчэринээхтэр (середняки).4. Чэчэринээхтэр. Диэн араартаан хаһаайыстыбалары тэрийэн сири үллэрии буолбута. Саҥа үөскээбит артыаллар талбыт сирдэрин ылбыттара. Ол иһин кыанар ыаллар артыалга бэркэ киирбиттэрэ. Ити сайын эрдэттэн араас мунньахтар буолуталаабыттара. Онтон окко киириэх эрэ иннинэ, нэһилиэк уопсай мунньаҕар боломуочунайдар кэлэн кими ханнык испииһэккэ киирбиттэрин иһитиннэрбиттэригэр, арай Чооруос уола ханна да ааттамматаҕа. Соһуйуон иһин кинини кулаактарга киллэрбиттэр. Дьон: “Хайа, ол Саабыласкай оччо баайдаах дуо?” диэн буолбутугар боломуочунай дьахтар: “93 сүөһүлээх, 2 саҥа дьиэлээх, 2 ампаардаах, 1 булуук сухалаах, 1 улахан бэскиэ ыйааһыннаах, 1 саха ууһа оҥорбут бурдук көтүтэрдээх. Онон, үбэ – аһа кулаак оҥорорго толору сөп түбэһэр диэн буолар. Онтон тыл этиилэригэр дьон Чооруос Уола 1925 сылтан бурдук үүннэриитинэн дьарыгырбытын, уонна, кинилэр бэйэлэрин күүстэринэн от оттоон итиччэ сүөһүлэммиттэрэ ахтылынна. Кими да көлөһүннээбэтэхтэр. 9 оҕолоохтор, кырдьаҕас төрөппүттэрэ эмиэ кинилэргэ сыстан олороллорунан, дууһанан үллэрдэхтэринэ сэттэлии эрэ сүөһү тахсар буолла. Аны Паапа икки уолаттара сир түҥэтиитигэр үчүгэйдик үлэлии сылдьаллар. Бүтүн нэһилиэк көһүтэр баар – суох ыччаттара эбит. Онтон санаа хайдыһыыта тахсыах буолбутугар Махсыым: “Мин эрэпкиэмниир эрдэхпинэ түһээн арааһа кэлэр этэ ону Паапа Саабыласкай биири да утарбакка төлөөн иһэрэ” – диир. Онон уопсай куоластааһыҥҥа үс киһиттэн уратылара бары Паапаны көннөрү чэрэнээк оҥорорго диэн куоластаан адаарыс гына түспүттэрэ. “Дьоҥҥо куһаҕаннык сыһыаннаспытым буоллар, ким да көмүскэспэккэ кулаак буолан хаалыах эбиппин ээ” дии санаабыта.
Табаарыстыбалар окко киирбиттэригэр, манна эмиэ Паапа ордук тэрээһиннээҕин көрдөрбүтэ. Ол кэннэ аны кини сүөһүнү, сылгыны ааҕар ньымата сэҥээриллэн, ону таһынан сүөһү боруодатын тупсарар санааларын бэлиэтээн туран, киэҥ көрүүлээх киһини, сүөһү биригэдьииринэн аныыллар. Күннэр – дьыллар элэҥнэһэн ааһаллар.
От – мас сар кутуруга буолбут күһүөрү сайыҥҥа газик суола эрбэһининэн саба үүммүт алаас устун баран иһэр. Бу киһитэ – сүөһүтэ суох үрэх баһыгар Марина Паповна көрдөһүүтүнэн, кини аҕатыгар таарыйар соруктаах дьон иһэллэр. Онон – манан кээһиилээх оттор, дьиэ таһыгар улахан бугуллар көстөллөр. Дьиэҕэ киирбиттэрэ кытыйаҕа үөлүллүбүт мунду өрөһөлөммүт. Оҕонньор өссө балыктыыр эбит. Бу барыта 75 ыччаттардаах 90 саастаах Паапа Саабылыскай урукку өтөҕөр кэлэн оттоон сайылаан олорор.
Оҕонньор 80 сааһын ааһан иһэн, үлэни – хамнаһы кыайбат буолбутун билинэн, сылаарҕыыр буолбутунан үлэтиттэн уурайбыта. Оҕолоро бары онно – манна тарҕанан олороллоругар сылдьыталаан баран, кырдьаҕас киһиттэн оҕо салгыахтааҕын өйдөөн уонна үлэлээбэккэ олорорун ордук ыараҕырҕатан, Ытык Күөлгэ кэлэн кыргыттарын кытта олохсуйан баран, бу икки көскө чугаһыыр ыраах сиргэ – өтөҕүгэр кэлэн сайын оттуур идэлэннэ. Оҕонньор 90 тахсан баран оттуур үһү.
Дьон киирэн кэлбиттэригэр оҕонньор кэпсээнэ элбэх. Оҕолорун, сиэннэрин барыларын ситиһиилэрин кэпсиирин быыһыгар, бэҕэһээ мас киллэрэ сылдьан охтон түһэн атаҕын өлөрбүтүн үҥсэргээбитин көрөн баран, кинини массыналарыгар олордон Ытык – Күөлгэ киллэрэн балыыһаҕа туттараллар. Оҕонньор онно биир ый курдук эмтэнэн, туран кэлэн учаастакка барар массыынаны булбута эрэ баар.
Аҕам саастаах киһи дэтэххэ, кини барыны бары билэ – көрө сатыыр. Ол курдук, хаһан ыйга тахсаллар? Хаһан сулустарга тиийэллэр? Хаһан хомуньуусумҥа тиийэбит? Диэн ыйыталаһан, дьону сөхтөрөр эбит.
Паапа 90 сааһын туолан баран, кыра кыыһа Марыына көҕүлээһининэн Москваны баран көрөн кэлэргэ быһаарыммыта. 10 хонук устата Москваны көрө сатаабыттара. Манна үтүө дьон бөҕө мустубут куората эбит. Бары олус эйэҕэстэр. Көмөлөһө сатыыллара үчүгэйэ бэрт. Анаан – минээн Мавзолейга тиийэн, онно киирэн баран, кырдьаҕас киһи сэрэхэдийэн атаҕын тумсун эрэ маныы испит буолан Ленины көрбөккө тахсан эрэриттэн хомойо санаабытыгар, хата биир оҕо көмөлөһөн Ленины дьэ көрөн улаханнык астынна. Онтон эйэлээх олох уонна балысхан сайдыы туоһута буолбут Кириэмили өр одуулаһан баран, тоҥхох гыммыта.
Ити курдук, биир бэйэтэ, билигин уопсайынан “Чооруостар” диэн ааттанар 75 ыччаттардаах Паапа Саабылыскай сайдыылаах олоххо тиийэн дьоллоно сылдьар.
Книгу пересказала Альбина Иванова, библиотекарь 1 категории Национальной библиотеки РС (Я)