Болҕойуҥ, буктрейлер күрэҕэ: «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» | Национальная библиотека РС(Я)
Вернуться к старой версии сайта https://old.nlrs.ru/

Loading...

Новости

Болҕойуҥ, буктрейлер күрэҕэ: «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы»



СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, "Ил Түмэн” издательскай дьиэ, “Саха Сирин култуурата” айар бөлөх «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» диэн буктрейлер өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһун биллэрэллэр.

Буктрейлер диэн айымньы саамай сүрүн санаатын тиэрдэр уонна чаҕылхай түгэннэрин көрдөрөр видеоролик буолар. Кинигэни киинэ дуу, ойуулук дуу курдук оҥорон билиһиннэрии. Сүрүн соруга –  тустаах айымньыны киһи сэҥээрэн ааҕыан баҕарарын ситиһии, умсугутуу, интэриэһин тардыы. Маныаха видеолары, араас иллюстрациялары, хаартыскалары, графиканы, о.д.а. көрдөрөр-иһитиннэрэр (аудиовизуальнай) ньымалары туһаныаххытын сөп.

Куонкуруска 35-ригэр диэри саастаах ыччат кыттар. Бөлөҕүнэн даҕаны, биирдиилээн даҕаны, дьиэ кэргэнинэн эмиэ.

Үлэлэри олунньу 13 күнүттэн ыам ыйын 13 күнүгэр диэри 3 ый устата тутабыт. Түмүгү Национальнай бибилэтиэкэ сыллата ыытар «Библионочь» аахсыйатын чэрчитинэн ыам ыйын 28 күнүгэр таһаарыахпыт. Кыайыылаахтар уонна миэстэлэспиттэр, анал аакка тиксибиттэр дипломнарынан наҕараадаланыахтара, бирииһинэн биһирэниэхтэрэ. Күрэс усулуобуйатын сиһилии Балаһыанньаттан ааҕан билсиэххитин сөп.

Ханнык баҕарар уус-уран айымньыны буктрейлер оҥороргут көҥүл. Өскөтүн саха литературатын үчүгэйдик билбэт дуу, биитэр итиччэ элбэхтэн биири талан ылары ыарырҕатар буоллаххытына, эһиэхэ анаан испииһэк бэлэмнээтибит.

Кинигэлэри электроннай барыйааннарын Национальнай бибилэтиэкэ new.nlrs.ru саайтыгар киирэн көрүөххүтүн, ааҕыаххытын сөп.

Бу бырайыак сонуннарын Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар уонна “Саха Сирин култуурата” (culture_yakutia) социальнай ситимҥэ тиһиктээхтик сырдата туруохпут, онон биһигинниин бииргэ буолуҥ!


Объявляем конкурс буктрейлеров по якутским произведениям

Национальная библиотека Республики Саха (Якутия), Издательский дом «Ил Түмэн», Творческое объединение «Культура Якутии» объявляют Республиканский конкурс буктрейлеров «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы», посвященный якутской литературе.

Буктрейлер – короткий видеоролик, визуализирующий самые яркие моменты или мысль литературного произведения. Это мини-экранизация книги. Основная его задача – рассказать о книге, заинтересовать, заинтриговать читателя. При создании буктрейлера можно использовать видео, иллюстрации, фотографии, графику и другие аудиовизуальные средства и приемы.

Участниками конкурса могут быть все желающие в возрасте до 35 лет, имеющие как профессиональные, так и любительские навыки видеосъемки и монтажа, в составе групп или индивидуально. Прием готовых работ до 13 мая. Итоги будут подведены во время ежегодной акции «Библионочь» 28 мая. Победители и призеры будут награждены ценными призами.  

Подробнее с условиями участия можно ознакомиться в положении.

Для рекламирования можно выбрать любую книгу на якутском языке. Или же обратиться к списку с синопсисами, составленному организаторами конкурса (приложение 1). Напомним, что большое количество книг можно найти в Электронной библиотеке new.nlrs.ru на сайте Национальной библиотеки РС(Я).

Следите за новостями проекта на сайте Национальной библиотеки РС(Я) и на странице «Культура Якутии» в социальных сетях.  

Күрэх балаһыанньата  https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/c5e/Күрэх_балаһыанньата.pdf 

Положение конкурса    https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/8ef/Положение_конкурса_буктрейлов.pdf 

Айымньылар испииһэктэрэ https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/69f/Приложение_1.pdf 

Билсэр төл.: 8914-222-35-79, 8914-224-15-32 

 Примеры буктрейлеров: