«Бороҕон сахалара» кинигэ сүрэхтэннэ | Национальная библиотека РС(Я)
Вернуться к старой версии сайта https://old.nlrs.ru/

Loading...

Новости

«Бороҕон сахалара» кинигэ сүрэхтэннэ

Ахсынньы 20 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар норуоттар икки ардыларынааҕы суруналыыстар федерацияларын чилиэнэ, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин телевидениетин уонна радиотын туйгуна, Уус Алдан улууһун Мүрү, Суотту нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх научнай-популярнай ыстатыйалар, биэриилэр, кинигэлэр ааптара Павел Васильевич Пермяков – Тэлэкэ «Борогонские якуты» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.


Кинигэ сүрэхтэниитигэр учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ, устуоруйаны чинчийээччилэр, Уус Алдан улууһуттан төрүттээх куорат олохтоохторо мустан, кинигэ тула дириҥ хоруутуулаах кэпсэтиини ыыттылар.

Кинигэ ааптара Уус Алдан улууһун Бороҕон улууһа диэн аатын уларытарга туруорсар энтуазиаст, кыраайы үөрэтээччи, патриот, киэҥ билиилээх, далааһыннаах көрүүлээх киһи, умсугутуулаахтык суруйар суруналыыс, общественник буолар. Кини «Мүрүйээдэ», «Лөгөй уонна кини кэмэ: архыып докумуоннара» диэн дьоһуннаах кинигэлэр ааптара. «Борогонские якуты» кинигэ суруллуутугар туох төрүөт буолбутун, чинчийэр үлэтигэр анаан 10 тахса дойдуну тилийэ көтөн, элбэх учуонайдары кытта көрсөн кэпсэппитин, элбэх докумуону үөрэппитин түмүгэр сыралаах үлэтэ кинигэ буолан тахсыбытын туһунан Павел Пермяков - Тэлэкэ кэпсээтэ.


«Бүгүн манна дойдутун устуоруйатын интэриэһиргир, билиэн-көрүөн баҕалаах дьон мустан олорор, биһиги, Бороҕон сахалара, улуу Байҕал күөлтэн тардыылаахпыт, Байкалы Байҕал диэн ааттаабыт  дьонтон төрүттээхпит, ону билиэх тустаахпыт», - диэн этиитин түмүктээтэ.

Педагогическай наука доктора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын үөрэхтээһинин концепциятын ааптара Егор Жирков видео сибээс нөҥүө кинигэ тула санаатын  тириэртэ. «Кинигэ улахан үлэттэн, дириҥник устуоруйаны хасыһан үөрэтииттэн тахсыбыт. Чахчы Бороҕон сахалара былыргы түүр омук баргуттартан тардыылаах буоларбыт элбэх кинигэҕэ, чинчийиигэ киирэн турар. Мин урут буордаах Бороҕонтон сылдьабын диир этим, кэлин төрүт санаам уларыйан, баргут Бороҕон сахатабын дэнэр буоллум. Павел Васильевичка бу кинигэҕин сахалыы тылынан таһаар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин», - диэтэ Егор Жирков. Павел Васильевич бу үлэтин биир дойдулааҕар, төрүт Бороҕон сахатыгар Егор Жирковка анаабыт.


СӨ наукатын үтүөлээх үлэһитэ, академик, устуоруйа билимин доктора Анатолий  Алексеев саҥа сүрэхтэнэр кинигэ тула санаатын үллэһиннэ. Кини ааптарга кэскиллээх үлэтин улуус эрэ иһинэн буолбакка, Саха сиринэн эрэ муҥурдаммакка, бүтүн түүр тыллаах омуктары киэҥник хабан өссө дириҥ хорутуулаах үлэни ыытарыгар сүбэлээтэ. Бу кинигэ атын улуустар төрдүлэрин-төбөлөрүн дириҥник хаһан үөрэтэллэригэр өрө үтэр күүс буолара саарбаҕа суох диэн санаатын түмүктээтэ.

Политика устуоруйаҕа улахан сабыдыаллааҕын ол төрүөтүгэр сир ааттара эмиэ уларыйарын, географическай аат буолбакка, саха төрүт аата төннөрүгэр үлэлии-хамсыы сылдьар кыраайы үөрэтээччигэ учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ, салалта өттүттэн төһүү күүс наадатын тоһоҕолоон эттэ кинигэҕэ сыанабылы суруйбут устуоруйа билимин хандьыдаата Афанасий Николаев.

Уус Алдан улууһун баһылыгын аатыттан улуус баһылыгын солбуйааччыта Анатолий Сторожев эҕэрдэлээтэ уонна Уус Алдан улууһун төрүттээбит күөн туттар киһилэрэ Лөгөй тойон аатын үйэтитиигэ далааһыннаах үлэни ыытар суолталааҕын, наадалааҕын чиҥэтэн эттэ.


Тэрээһини Павел Пермяков – Тэлэкэ тус бибилэтиэкэтин пуонадыттан баай кинигэ быыстапката киэргэттэ.

 

Национальнай бибилэтиэкэ Медиа киинэ