Дьон туһугар олохторун анаабыт ытык ыал Винокуровтар | Национальная библиотека РС(Я)
Вернуться к старой версии сайта https://old.nlrs.ru/

Loading...

Новости

Дьон туһугар олохторун анаабыт ытык ыал Винокуровтар

Алтынньы 3 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Историческай саалатыгар “Саха сирин Ытык ыала” бырайыак чэрчитинэн Маргарита Егоровна уонна Василий Степанович Винокуровтар дьиэ кэргэни кытта истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Винокуровтар олохторун бүтүннүү үлэҕэ анаабыт дьон буолаллар, хайалара даҕаны бэйэтин хайысхатыгар биллэр-көстөр идэлээх үлэһит, талбыт идэлэригэр бэриниилээхтик 50 сыл кэриҥэ үлэлээн-хамсаан, Саха сирин историятыгар суол-иис хаалларбыт дьон.

Ол курдук, Маргарита Егоровна Винокурова үөрэҕирии билимин хандьыдаата, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталларын учууталлара, туох баар күүһүн-уоҕун, сыратын-сылбатын үөрэх билии кыһатыгар анаабыт киһи, кини туруорсуутунан, дьаныардааах үлэтин түмүгэр саха оҕолоро математиканы төрөөбүт тылларынан үөрэтэр кыахтаахтар. Кини оскуола оҕолоругар анаан нууччалыы тылынан суруллубут Л.Г. Петерсон учебнигын тылбаастаабыта. Маргарита Егоровна үтүөкэн педагог, методист уонна учуонай эрэ буолбатах. Кини ону таһынан педагогикаҕа, психологияҕа, публицистикаҕа, социологияҕа, үрдүкү оскуолаҕа 700- тэн тахса ыстатыйа ааптара, идэтийбит суруналыыс. Василий Степанович Винокуров - экономика билимин хандьыдаата, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, саха ынаҕын иитиитигэр, боруода быһыытынан сайдыытыгар, сылгы, таба иитиитигэр улахан кылаатын киллэрбит идэлээх үлэһит, салайааччы быһыытынан биллэр.

Көрсүһүүгэ ытык ыалы убаастаан туран, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, бииргэ үөрэммит доҕотторо, үөрэнээччилэрэ, өр сылларга бииргэ алтыспыт дьоно-сэргэтэ сааланы толору тоҕуоруһа муһуннулар. Винокуровтар дьиэ кэргэн саха ыалын сиэринэн ыалдьыттарын аал уоту оттон, алгыс түһэрэн, толору астаах сандалылаах көрүстүлэр, төгүрүк остуол тула олорон, бэрт сэргэх, ылбаҕай ырыалаах-тойуктаах кэпсэтии таҕыста.

«Эһигиттэн эдэр учууталлар холобур ылаллар, кинилэргэ эһиги үтүө суобастаах үлэҕит түмүгэ сырдык сулус буолан сыдьаайар»,- диэн бэрт истиҥник эҕэрдэ тылын СӨ үөрэх уонна билим миниистирин солбуйааччыта Виктория Александровна Захарова эттэ. 

«Саха сиригэр билигин сылгы, таба, саха ынаҕын ахсаанын көрдөрүүтэ чопчу Василий Степанович Винокуров 1970-1980 сылларга күүстээх үлэтин түмүгэ буолар»,- диэн СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Прокопий Романович Николаев тоһоҕолоон эттэ.

Винокуровтар дьиэ кэргэн Саха сирин түөрт хоту уһук сытар Дьааҥы, Анаабыр, Өймөкөөн, Эбээн Бытантай улуустарыгар таһаарыылахтык үлэлээн-хамсаан олорбут дьон. Ол курдук бу киэһэ кинилэргэ эҕэрдэ тылыгар Ил Түмэн дьокутаата, аҕыйах ахсааннаах норуоттар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Елена Христофоровна Голомарева: «Винокуровтар дьиэ кэргэн хотугу улуустарга ийэлии иһирэх, аҕалыы амарах сыһыаннаах дьон, ол да иһин дьон-сэргэ бачааҥҥа диэри ахтан-санаан ааһар, ол буолар эһиги үлэҕит түмүгэ», - диэн санаатын үллэһиннэ.

Евгения Исаевна Михайлова, ХИФУ бэрэсидьиэнэ, Маргарита Егоровна олус улахан суолталаах үлэтин сыаналаан туран: «Маргарита Егоровна саха оҕолоро бэйэлэрин тылларынан үөрэнэллэригэр улахан кылаатын киллэрбит киһи. Математика курдук фундаментальнай науканы сахалыы тылбаастыырга математик эрэ буолбакка, лингвист, языковед быһыытынан киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһи буолуохха наада»,- диэн бэлиэтээтэ. 

Ол курдук, бу киэһэ өссө да элбэх бииргэ алтыспыт, үлэлээбит-хамсаабыт үөлээннээхтэрэ санааларын үллэһиннилэр, уруккуну-хойуккуну ахтан-санаан аастылар.

Маргарита Егоровна уонна Василий Степанович ардаҕы-хаары аахсыбакка кэлбит ыалдьыттарыгар махтанан туран: «Дьон туһугар, дьон үчүгэйдик олорорун туһугар үлэлээбит дьоммут» диэн тылларынан көрсүһүү киэһэтин түмүктээтилэр.

Тэрээһиҥҥэ анаан Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын пуондатыттан Маргарита Егоровна уонна Василий Степанович Винокуровтар кинигэлэрин быыстапката турда. 

Хаартыскалар Мичил Яковлев түһэрбит матырыйаалыттан туһалыннылар.

Национальнай бибилэтиэкэ Медиа киинэ