Тургутук: Саха тылын төһө билэҕин? | Национальная библиотека РС(Я)
Вернуться к старой версии сайта https://old.nlrs.ru/

Loading...

Новости

Тургутук: Саха тылын төһө билэҕин?

WhatsApp Image 2024-02-13 at 10.54.57.jpeg


Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн саха тылыгар билиигин тургутан көрөр тиэһи толорорго ыҥырабыт.

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саайтыгар тус кэбиниэккэр киирэн, «Ыйытыыта биэр» («Задать вопрос») өҥөнү туһанан, толору ааккын кытта хоруйдаргын күүтэбит. 

Сөптөөх хоруйдары бастакы ыыппыт кыттааччы кыайыылаах буолар. Кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук ыытыллар.

Тургутук судургу уонна уустук диэн араарыллар. Ситиһиини баҕарабыт!

Тус кэбиниэккэр бу сигэнэн киир: https://nlrs.ru/.

Суруйтара илик буоллаххына, манна аас: https://e.nlrs.ru/register.

Тургутугу Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха тылын уһуйааччылара бэлэмнээтилэр.


Бэйэ билиитин тургутан көрүүгэ ыйытыылар (судургу)


1. Бу ыйыллыбыт билиҥҥи саха тылын чинчийээччилэриттэн ким академик буоларын быһаар:

  - Г.Г. Филиппов

  - П.А. Слепцов

  - И.Е. Алексеев

  - Н.Н. Ефремов

2. Илин уонна кэлин диэн быһаарыы ханнык дорҕооннору бэлиэтииргэ туттулларын ый:

-  дьуптуоннар

-  уһун аһаҕас дорҕооннор

-  аһаҕас дорҕооннор

-  бүтэй дорҕооннор

3. Лиэксикэ диэн билим салаата тугу үөрэтэрин быһаар:

 - тыл састааба

 - тыл баайа

 - саҥа чааһа

 - этии арааһа

4. Саха тылын төрдүн-ууһун быһаарыыга ханнык тыллар бөлөхтөрө киирбэтин ый:

- түүрдүү

- монгуоллуу

- бүрээттии

- тунгуус-мончуур

5. Cир-дойду аатын үөрэтэр билим салаатын ый:

 - лиэксикэ

 - топонимика

 - стилистика

 - ономастика

6. Сахалыы алпаабыкка хас буукуба баарын быһаар:

-  38

-  40

-  42

-  39

7.  Бу тыллартан сыыһа суруллубут тылы быһаар:

-   таҥас

-   таннары

-   кыһыннары

-   алҕас

8.  Бу тыллартан ханыы тыл буолбаты ый:

-   уҥа-хаҥас

-   түҥ-таҥ

-   хап-сабар

-   кус-хаас

9.  -ҥ дорҕоон сыыһа туттуллубут холобурун ый

-    саҥа дорҕооно

-    түҥ былыргы

-    түҥэ таҥас

-    түҥ-таҥ

10.  Бу тыллартан элбэх ахсааҥҥа бэлиэтэммэт тылы ый

-    кус

-    киһи

-    оҕо

-    эһэ

 



Бэйэ билиитин тургутан көрүүгэ ыйытыылар (уустук)

 

1. Саха тылыгар дорҕоону анаан чинчийбит учуонай аатын суруй (араспаанньата эрэ буолуон сөп). Кини саха тылын үөрэхтээҕэ уонна үөрэтээччитэ этэ.

Хоруй:

 

2. «Морфология» диэн нууччаттан киирии тиэрмин (тыл) дьиҥ сахалыы барыйаанын суруй.

Хоруй:

 

3. Бу тыллары болҕой: дьөлө-дьөлү, оҥо-оҥу, саары-сарыы (этэрбэс), былчыҥ-быччыҥ, дьаадый-дьаадьый, им-дьим-им-ньим. Сөптөөх барыйааннары туспа суруй, тыл ситимигэр киллэрэн, холобурдаан көрдөр.

Хоруй:

 

4. Бу тыллары болҕой. Бүгүҥү-бүгүҥҥү, кыһыҥы-кыһыҥҥы, киэһээҥи-киэһээҥҥи, бэҕэһээҥи-бэҕэһээҥҥи, сайыҥҥы-сайыҥы, сэнийэ-сэҥийэ уонна -ҥ дорҕоон таба суруллубут барыйаанын хоруйгар киллэр.

Хоруй:

 

5. Бу этиигэ сурук бэлиэтин таба туруор. Бэл диэтэр ити киэһэттэн ыла иккиэйэх да хаалан кэпсэппэхтэрэ даҕаны куруутун дьон ортотугар баар буола сатыыллара күндү кистэлэҥмитин дьоҥҥо биллэрэн кэбиһиэхпит диэн куттаналлара эбитэ дуу биитэр ол киэһэ кэрэ ахтылҕанын атын көрсүһүүгэ күлүктэтиэхтэрин баҕарбатахтара эбитэ дуу

Хоруй:

 

6. Бу этии ханнык айымньыга баарын суруй. «Уот умуллан бардаҕына, мас сыыһын быраҕан күѳдьүтэ-күѳдьүтэ, кинилэр арааһы кэпсэтэллэр, арааһы биттэнэллэр-билгэлэнэллэр...»

Хоруй:

 

7. Бу кэрчиги болҕой. Олоҥхо аатын уонна ханнык Кэрэ куо ойууламмытын быһаар.

«Хаһыҥҥа хаампатах,

Хааннааҕы аһаабатах,

Хаппахчы кэннигэр

Хаххаланан үөскээбит...»

Хоруй:

 

8. Бу этиилэргэ анаан бэлиэтэммит (курсив) тылларга биирдии синонимныы (суолтатынан биир эбэтэр чугас) тылы суруй.

Уһун кыһыны быһа чоҥкуйа кырыарбыт айылҕа, сааскы илгэлээх күн уоту угуттаатаҕына, өрүһүспүт кэриэтэ, эмискэччи үлүгэр, биир күн иһигэр, күөх торҕоҕо суулана түһэр.

Хоруй:

 

9. Бу этиигэ анаан бэлиэтэммит (курсив) тыллары болҕой, суолтатын бэйэҥ тылгынан быһааран суруй. Туох суоҕуй манна: мутукчатын кэрэ сытынан дыргыйар сымнаҕас тиит, кумахтаах үрдүк хордоҕойдорунан кылыйар сырдык субалаах бэс, өһөспүттүү аҥхайдар күлүктэрин былдьаһар өргөстөммүт харыйа, алаастар кытыыларыгар кылбаһыйар наҥнаҕар хатыҥ, иирэлэр, талахтар, эрбэһиннэр, кытыаннар, болбукталар.


Хоруй:


10. «Ала кулуну төрөппүт» диэн сомоҕо домох өйдөбүлүн быһааран суруй.

Хоруй: