«АРЫЛЛЫЫ» хоһоон хомуурунньугун сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт | Национальная библиотека РС(Я)
Вернуться к старой версии сайта https://old.nlrs.ru/

Loading...

Новости

«АРЫЛЛЫЫ» хоһоон хомуурунньугун сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт

5ea780f2.png

Сэтинньи 19 күнүгэр 15:00 чаастан Национальнай библиотека Историческай саалатыгар «Арыллыы» хоһоон хомуурунньугун сүрэхтэниитэ ыытыллыаҕа.

Бу «Выпуск – 82» түмсүү тэриллибитэ биэс сыллаах үбүлүөйүгэр анаан, киэҥ санаалаах, кэрэни таба көрөр, тылы сааһылыыр дьоҕурдаах үөлээннээхтэр түмсэн, кинилэр айымньылара, хомоҕой хоһоонноро, кистэлэҥ иэйиилэрэ хомуурунньук буолан таҕыста. Манна киэҥ араҥаҕа биллибит суруйааччылар уонна аан бастакы бэчээккэ тахсар хоһоонньуттар айымньылара киирдилэр. Хомуурунньукка өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын араас сылларга бүтэрбит 25 ааптардар киирдилэр.

Хоһооннору уонна ааптар биографиятын Екатерина Азнагулова-Айартыына уонна Гавриил Павлов-Хабырыыс хомуйан бэлэмнээтилэр.