Оҕо поэта, бастакы «Букубаары» суруйбут Вера Давыдова туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт | Национальная библиотека РС(Я)
Вернуться к старой версии сайта https://old.nlrs.ru/

Loading...

Новости

Оҕо поэта, бастакы «Букубаары» суруйбут Вера Давыдова туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт

WhatsApp Image 2024-11-13 at 20.03.53.jpeg

Сэтинньи 21 күнүгэр 16.00 чаастан Национальнай библиотека Историческай саалатыгар поэт, тылбаасчыт Ольга Корякина - Умсуура «Биэрэ Дабыыдап. Сарбыллыбыт талаан (айар үлэтин чинчийии)» кинигэтэ сүрэхтэниэ.

Кинигэҕэ Саха сиригэр үөрэҕи-сайдыыны олохтуурга сыратын-сылбатын биэрэн үлэлээбит бастакы оҕо поэта, бастакы «Букубаары» суруйбут ааптар Вера Давыдова олоҕо, айар үлэтэ сырдатыллар.

Суруйааччы аатын тилиннэрии, айымньыларын үөрэтии, кини оҕоҕо аналлаах айымньыларын нууччалыы тылбаастарын ырытыы суруйааччыларга, иитээччилэргэ, төрөппүттэргэ туһалаах билиини биэриэҕэ.