Алтынньы 15 күнүгэр күнүс 15 чаастан Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар Фома Петрович уонна Михаил Фомич Чааскыннарга анаммыт, айылҕаттан айдарыылаах сүҥкэн дьон олоҕун суолун, дьоҥҥо-норуокка көмөлөспүт үтүө үлэлэрин кэрэһэлиир, «Норуот эмчитэ» кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт.