«Сүрэҕин төлөнүн наукаҕа анаабыт» В.В. Ушницкай олоҕун суолун туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ ааста | Национальная библиотека РС(Я)
Вернуться к старой версии сайта https://old.nlrs.ru/

Loading...

Новости

«Сүрэҕин төлөнүн наукаҕа анаабыт» В.В. Ушницкай олоҕун суолун туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ ааста

«Олох кэмнэнэр киһи тугу оҥорбутунан» маннык тыллартан саҕаланна Василий Васильевич Ушницкай туһунан «Сүрэҕин төлөнүн наукаҕа анаабыт» кинигэ сүрэхтэниитэ. Тэрээһин алтынньы 11 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар буолан ааста. Василий Васильевич наука эйгэтигэр киэҥ далааһыннаах билиилээх тюрколог, этнограф, учуонай быһыытынан биллэр. Василий Васильевич үлэлэрэ Америкаҕа, Болгарияҕа, Монголияҕа тиийэ бэчээттэнэн, элбэх норуоттар икки ардыларынааҕы симпозиумнарга, конференцияларга кыттан тас дойдуларга киэҥник биллэр учуонай этэ диэн үөлээннэхтэрэ ахталлар-саныыллар.

«Василий Васильевич сахалыы сэмэй майгылаах, өркөн өйдөөх учуонай этэ. Кини олус тупсаҕай, ылыннарыылаах, устар ууну сомоҕоллуур тыллаах-өстөөх, саҥаран бардаҕына кини киэҥ билиитин, өйө-санаата далааһыннааҕын киһи сөҕө-махтайа, умсугуйа истэр этэ», - диэн саныыр үөлээннээҕин туһунан Сардана Ильинична Боякова, историческай наука доктора Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун дириэктэрэ.

«Василий Васильевич олоҕун чаҕылхай кометалыы олорон ааспыта. Биир саамай улахан уратыта диэн кини науканан чахчы күүскэ үлүһүйбүт киһи этэ, билиҥҥи эдэр учуонайдарга ити өрүтү көрсүбэппин да диэххэ сөп. Василий Васильевич курдук тугу барытын умнан туран, олус умсугуйан, бэриниилээхтик науканан дьарыктанар киһи аҕыйах. Бэйэтин кэннэ хаалларбыт үлэлэрэ олус элбэх, ону үйэтитэр, хомуйан таһаартарар туһунан толкуйдуохпутун, ол хайысхаҕа үлэлэһиэхпитин наада», - диэн санаатын үллэһиннэ Екатерина Назаровна Романова, историческай наука доктора, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун иһинэн үлэлиир Интеллектуальнай история уонна культура киинин салайааччыта, кылаабынай научнай үлэһитэ.

Бу курдук санааларын үллэстэ, күөгэйэр күнүгэр сылдьан эмискэ олохтон туораабыт үөлээннэхтэрин, доҕордорун, бырааттарын, убайдарын ахтан-санаан, олорбут олоҕун, үлэтин ытыктаан-сыаналаан туран кэллилэр кини Дүпсүн орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо, үөрэппит учууталлара, бииргэ үлэлээбит коллегалара.

Тэрээһиҥҥэ анаан Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын пуондатытттан Василий Васильевич Ушницкай үлэлэрин быыстапката турда.