Амма лицейэ 1997 сыллаахтан бэрэсидьиэн оскуолатын ситимигэр киирэр. Ситим 2018 сыллаахха саҥалыы тэриллэн, билигин 11 оскуола баар. Амма лицейэ Михаил Николаев үлэтин-хамнаһын сырдатарга элбэх үлэни ыытар. Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн иннинэ бастакы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев үлэтигэр, олоҕор аналлаах көрдөрөр-үөрэтэр плакаттарын Национальнай библиотекаҕа киэҥ эйгэҕэ таһаардылар.
«2022 сыллаахха Михаил Ефимович 85 сааһын туоларыгар биһиги оскуолабыт, ситим оскуолаларын уонна Амма оскуолаларын холбоон, бастакы бэрэсидьиэммит туһунан методическай босуобуйа онорбуппут. Ол босуобуйабыт Чурапчыга педагогическай дьаарбаҥкаҕа кыттан, жюри биһирэбилин ылбыта уонна электроннай босуобуйа буолан тахсыбыта. Ол кэннэ, былырыын, «Айар» кинигэ кыһата плакаттар бырайыактара бааллар, Михаил Ефимович туһунан оҥорон көрүөххүт дуо диэн этии киллэрбиттэрэ», - диэн академик Л.Н. Киренскэй аатынан Амма лицейин дириэктэрэ, бырайыак салайааччыта Дария Захарова кэпсээтэ.
Лицей үлэһиттэрэ бу этиини ылынан, кыһын устата плакаттар ис хоһооннорун, суруктарын-бичиктэрин, хаартыскаларын талбыттар. Ол кэннэ элбэх көннөрүү үлэтэ ыытыллан, бүгүн күн сирин көрдө.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ плакаттары оҥорбут учууталлар, библиотека үлэһиттэрэ, ону таһынан Бэрэсидьиэн оскуолатын ситимин учууталлара, оҕолоро кэлэн ыалдьыттаатылар.
Плакаттар тустарынан кылгастык эттэххэ, Михаил Ефимович Николаев оҕо сааһыттан саҕалаан үлэтин, олоҕун араас кэрчиктэрэ хаартыскаҕа тиһиллэн киирдилэр. Плакаттарга кини бэргэн этиилэрэ, ыччакка, оҕоҕо туһулаан эппитэ киирдилэр.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ