Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһиннэрэ бүгүҥҥүттэн, бэс ыйын 19 күнүттэн, Амма сэлиэнньэтигэр саҕаланнылар. Барыта 80-тан тахса тэрээһин ыытыллара күүтүллэр, олортон биирдэстэрэ бүгүн – 10 кинигэ тэҥинэн сүрэхтэниитэ буолла.
Амматааҕы А.А. Черемных аатынан оҕо ускуустубатын дьиэтигэр 10 кинигэ тэҥинэн сүрэхтэниитэ бастакытын ыытылынна.
Ол курдук 10 кинигэ:
- Виктор Васильев "Полевые труды, экспедиционные материалы по Сибири, Северу и Дальнему Востоку”;
- Олоҥхоһут Михаил Ефимович Новикова-Мэлэк Мэхээлэ "Дуолан Баай Тойон, Арҕас Баай Хотун” олоҥхото,
- Филипп Трофимович Егоров “Дьохсоҕоллой оҕонньор, Сиэмэйэкээн эмээхсин” олоҥхото,
- Юрий Борисов ааптардаах “Амма фольклора”,
- Виктория Григорьева ааптардаах “Эпические и песенные традиции саха в творческом наследии У.Г. Нохсорова”, “Эпические песнопения амгинских олонхосутов”,
- Акулина Иванова "Олонхоҕо анаммыт олох”,
- Екатерина Уварова “Улуу олоҥхоһут Чээбий”,
- Анна Шишигина “Аммаҕа сэрии кэмигэр ыһыах. 1944”,
- Егор Спиридонович Шишигин хомуйан оҥорбут альбома,
- Илья Семенов “Харама Боотур уонна Амма Куо“ олонхо-остуоруйатын айымньылара.
Тэрээһиҥҥэ ааптардар тыл эттилэр, кинигэ тахсарыгар хайдах үлэлэспиттэрин кэпсээтилэр.
“Олоҥхо ыһыаҕар ханнык кинигэни таһаарабыт диэн эрдэттэн толкуйдаабыппыт уонна Амма фольклорун чинчийиэххэ наада эбит, ону хомуйан кинигэ оҥорон таһаарыахха диэн быһаарбыппыт. 2021-2022 сылларга Амма улууһун бүүс-бүтүннүү баһыттан атаҕар диэри нэһилиэги барытын хаама сылдьан, 117 сир түннүгэ кырдьаҕастары кытта сирэй көрсөн, барыларын видеоҕа устубуппут. Бары кинигэҕэ тиһиллэн, кэнчээри ыччаппытыгар туһалаах буолуо диэн эрэнэбит”, - диэн тыл билимин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт Олоҥхо билим-чинчийэр үнүстүүтүн “Лингвофольклористика” сиэктэрин салайааччыта, олоҥхоһут Юрий Борисов бэлиэтээтэ.
Саҥа тахсыбыт кинигэлэри билиһиннэрии тэрээһинин норуот суруйааччыта Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап "Саллар саас тухары олоххо, саханы үрдэтиэ олоҥхо" диэн этиитигэр олоҕуран ыытылынна. Эҕэрдэ тылларын СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников, Ил Түмэн вице-спикерэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин уонна да атыттар эттилэр.
“Бу уон кинигэ барыта библиотекабыт пуондатыгар киирэр, Биһиги 16 библиотекалаахпыт, олор пуондаларыгар хайаан да киирэн, ааҕааччыларбытыгар тиийиэҕэ”, - диэтэ Амматааҕы кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэрин солбуйааччыта Светлана Макарова.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ